Бу таһаарыы 1917 с. В.М. Ионов хомуйан оҥорбут, С.А. Новгородов уларытан, эбэн биэрбит, Н.Е. Афанасьев ыкса үлэлэспит, саха норуотун маассабай суругун-бичигин төрүттээбит, сахалар¬тан бастакы тыл үөрэхтээҕэ С.А. Новгородов алпаабытынан тахсыбыт сахалыы бастакы үөрэх кинигэтэ буолар.
Билигин СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин сэдэх кинигэлэрин пуондатыгар кичэллик хараллан сытар устуоруйа кэрэһитэ буолар уһулуччу суолталаах таһаарыыны киһи эрэ барыта тутан-хабан көрөр, арыйталыыр кыаҕа суоҕунан, кинигэ дьиҥ хайдах баарынан хаартыскаҕа түһэриллибититтэн атын бэлиэтээһиннэр уонна марай сотуллан, ыраастанан бэчээттэннэ. Онон Саха сирин бэчээтин устуоруйатыгар репринт ньыматынан оҥоһуллубут бастакы кинигэ буо¬лар. Кинигэни чөлүгэр түһэрбит да кэннэ, сорох сиргэ ааҕыллара уустук, чуолкайа суох, хос бэ¬лиэ эбэтэр марай баар буолуон сөп.
Таһаарыы лингвист учуонай Сэмэн Новгородов төрөөбүтэ 130, сахалыы бастакы букубаар тахсыбыта 105, Саха АССР төрүт¬тэммитэ 100 сылларыгар ананар.