Кимтэн да, хантан да көмөтө, өйөбүлэ суох байан-тайан мөлүйүөн харчыланыаҥ дуо? Дьэ, сиппит-хоппут улахан киһиэхэ да мээнэ кыаллыбат уустук сорук. Ыраах хайаларга бүкпүт аул уолун, саҥа улаатан атаҕар туран эрэр казах оҕотун түһүүлээх тахсыылаах олоҕо — кини кынаттаах ыра санаатын батыһан, кыайыыга дьулуһар аарыктаах айана. Үлүскэннээх үлэ, күүстээх дьулуур уонна самныбат баҕа санаа киһини ханнык баҕарар үрдэлгэ тириэрдэр. Миллионер да буолуохха сөп. Ырыынак үйэтигэр олорор, улаатар, сайдар аныгы көлүөнэ ааҕааччыларын кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ угуйар, кэм ирдэбиллэрин өйдүүргэ, туруоруммут соруктарын ситиһэргэ үөрэтэр кинигэ.