Өйүм-санаам туругурдун,
Этим-сииним чэбдигирдин,
Айар-тутар баҕам ахсаабатын,
Оҥорор-тутар дьулуурум
уостубатын,
Иэримэ дьиэбэр
Иэйиэхситим эҥэрдэстин,
Алаһа дьиэбэр
Айыыһытым аргыстастын!
Үс кутум чөл буоллун,
Уһун уруйдаах олохтонуум,
Этэр тылым ситтин,
Саҥарар саҥам туоллун!
Дом!